Иһинээҕитигэр көс

Гуйчжоу

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Гуйчжоу (кыт. 贵州, пиньинь Gùizhōu) — Кытай соҕуруу өттүгэр сытар провинция. Киин уонна самай улахан куората — Гуйян. Олохтоохторун ахсаана — 39,04 мөл киһи (провинциялартан 15-с миэстэ; 2004 с. туругунан).

Административнай тыырыллыыта

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Гуйчжоу 9 уокурукка (2 уокурук, 4 куорат уокуруга уонна 3 автономиялаах уокурук) арахсар.

Иэнэ — 176 100 км² (16-с миэстэ). Хоту Сычуань провинцияны уонна Чунцин куораты кытта, арҕаа — Юньнань провинциялыын, соҕуруу — Гуанси-Чжуань автономиялаах оройуонун кытта, илин — Хунань провинциялыын быысаһар. Сирин ньуура сүнньүнэн хайалаах, ол гынан баран илин уонна соҕуруу өттө хапталлардаах. Байҕал таһымыттан орто үрдүгэ 1000 м. Клиимата сииктээх субтропическэй. Сыллааҕы орто температурата — 14-16°, тохсунньуга — 1-10°, от ыйыгар — 17-28°.

Гуйчоуга баар Шитоу дэриэбинэ.
Биики ыскылаатыгар медиа билэлэр: