Иһинээҕитигэр көс

Кашлык

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Кашлык (Сибир, Сибиир, Сибер, Ибер, Искер, сахалыы Кыстык, кыстыыр сир) — куорат, Сибиир ханствотын киин куората. Иртыш өрүс уҥа кытылыгар Сибииркэ диэн кыракый үрэх түһэр сиригэр баара, билиҥҥи Тобольскай куораттан 17 км үөһэ. Билигин "Кучумово городище» диэн археология мэҥэтэ [1].

Куорат монгол ааҥныан инниттэн баар этэ. Куорат сиригэр, Сибиир бүтүүнүгэр курдук, чаҥ үйэтиттэн (биһиги эрабыт иннинээҕи I тыһыынча сыл) араас кэмҥэ араас омук, норуот олорбуттара. симэлийэн, боруонса үйэттэн саҕалаан хаста да тутуллубут. Урут бу сир «Кашлык» диэн, ону сэргэ «Сибиир» диэн ааттанара — былыр манна олоро сылдьыбыт сабирдар диэн омуктар ааттарынан[2].

XIII үйэ саҕаланыытыгар хайыы-үйэ бөдөҥ суолталаах сэлиэнньэ буолбута.[3]. Источниктар иһитиннэрэллэринэн, 1224 с. атын сирдэр ахсааннарыгар Чингисхан Джучи улууска «Ибиир-Сибиири» эмиэ биэрбитэ.[4].

Искер XV үйэ бүтүүтүгэр - XVI үйэ саҕаланыытыгар Сибиир ханствотын киин куората буолбута.

Куораты каартаҕа аан бастаан 1367 сыллаахха ини-бии Франциск уонна Доминика Пицигани Sebir диэн ааттаан киллэрбиттэрэ[5]. 8 сыл буолан баран эмиэ ол аатынан Каталон атлаһыгар[6] киирбитэ.

  1. история Сибири с древнейших времён до наших дней, Ленинград, 1968, cited after The Great Soviet Encyclopedia, 3rd Edition (1970—1979).
  2. Петрухин В. Я., Раевский Д. С. Очерки истории народов России в древности и раннем средневековье. — М.: Знак, 2004. — С. 416. — ISBN 5-94457-107-1.
  3. Левашова В. П. О городищах Сибирского юрта // Советская археология, 1950. № 13. — Стр. 341—351.
  4. Краткая история сибирских татар.(суох сигэ — история).
  5. Егоров В. Л. Глава третья. Города Золотой Орды и некоторые вопросы экономической географии государства // Историческая география Золотой Орды в XIII-XIV вв. — М.: Наука, 1985. — 11 000 экз.
  6. Buchon J. A. Troisième carte // Notice d'un atlas en langue catalane, manuscrit de l'an 1375 conservé parmi les manuscrits de la Bibliothèque royale sous le numèro 6816, fonds ancien, in-folio maximo. — 2nd. — Paris: Imprimerie royale, 1839. — P. 131. — 152 p.