Иһинээҕитигэр көс

Саа

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Буруоҥка уостаах чокуур саа

Саа — гладкоствольнай эбэтэр комбинированнай, икки илиигинэн тутар уонна сарыҥҥар прикладын анньан баран ытар сэп. Саалар арахсаллар гладкоствольнайдарга (үксэ билигин булт саалара), нарезнойдарга (бинтэпкэлэр) уонна пневматическайдарга ("воздушкалар"). Билигиҥҥи кэмҥэ, «саа» диэн тылынан дьоннор гладкоствольнай, доруоп саалары өйдүүллэр.

Былыргы саалар оҥоһуулара

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Саа чаастара: тимир уос, саа маһа (приклада эмиэ), сомуог уонна чуумпур.

Биир миэтир курдук уһуннаах уостар, бүтүүтүгэр кыратык кэҥииллэр, сорох саалар онноҕор боруоҥкалаах буолаччылар, доруобу кутар дөбөн буоллун диэн. Калибрдара 10,71-н 26,72 мм диэри буолаллар.

Сомуогтара фитильнай эбэтэр чокуур.

Саа маһын орех мастан быһан оҥороллор.

Тимир чуумпурун уос анныгар баар хайаҕаска кистииллэр.

Былыргы саалар кичэллээхтик киэргэтэллэр эбит, быһыынан, гравировканан тимиригэр, маһыгар.

Бастакы саалар XIV-с үйэ ортотугар баар буолбуттара. XIX-с үйэҕэ нарезной ытар сэп тарҕаммытын кэнниттэн, гладкоствольнай саалар армиялар сэбилиниилэртэн сүтэн хаалбыттара.

Ол даҕаны, АХШ армията Бастакы Аан Дойду сэриитигэр, Винчестер модель 1897 помповай сааны ситиһиилэхтик туттубуттара. Траншея сэриитигэр, чугас (50 м) бөдөҥ доруобунан ытар саа көннөрү бинтиэпкэттэҕэр ордугун булбуттара.

Сахалар түҥ былыргыттан бултаан-алтаан айахтарын ииттэн кэллэхтэрэ. Онон да буоллаҕа буолуо, булт тэрилин-тээбиринин харыстаан, кичэллик сыһыаннаһаллара. Үчүгэй, үтүө уус оҥорон биэрбит саатын-саадаҕын харыстаан, өр кэмҥэ илдьэ сылдьан, көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ тиэрдэллэрэ. Биллэн турар, көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр саа-саадах үчүгэй, тупсаҕай оҥоһуулаах эрэ буоллаҕына өр туттуллар. Үгүс дьон биһирэбилин ылбыт саа араастара:

  • ТОЗ-34. идэтийбит уонна бары сааһыкка сөп түбэһэр. Ыйааһына чэпчэки буолан тутарга-хабарга табыгастаах. Атын, тас дойду оҥорор сааларыттан улахан туох да уратыта суох. Үчүгэй балаансалаах, чөмөхтөөн ытар. Бу ханыыта ТОЗ-34Е диэн эжектордаах саа баар. Арааһа: оһуордаах-мандардаах, сэдэх оҥоһуулаах (штучнай) уонна булка туттуллубат, көрдөрүүгэ турар (сувенирное). Ыйааһына 3,3 киилэ, уһуна 116 сэнтимиэтир. Халыыбыра 12/70.
  • ТОЗ-120. Биир чыыбыстаах селекторнай мэхэниисимнээх. Идэтийбит уонна көннөрү сааһыт туттарыгар анаан оҥоһуллубут. Судургу уонна тупсаҕай. Бу саа селектордаах буолан, бастаан сааҥ үөһэ уоһунан дуу, аллара уоһунан дуу ытаргын бэйэҥ талаҕыҥ. Олус табыгастаах. Саа сүнньүн тимирин дьүһүнэ хара да, никель да бүрүөһүннээх буолуон сөп. Бу саа сэдэх оҥоһуулааҕа эмиэ баар. Сотору спортиҥҥа уонна истиэндэбэй ытыыга туттуллар ханыыта ТОЗ-120 диэн икки чыыбыстаах сааны таһаарарга былаанныыллар. Уһуна 180 эбэтэр 140 сэнтимиэтир буолар, оттон ыйааһына 3,4 эбэтэр 3,5 киилэ. Халыыбыра 12/70.
  • ТОЗ-200. Икки уостаах селекторнай мэхэниисимнээх. Бу сааны эмиэ ким баҕарар хото туттуон сөп. Үчүгэй балаансалаах, доруобун чөмөхтөөн ытар буолан ыраах сыалы ытарга уонна илдьэ сылдьарга бэрт табыгастаах. Ханнык баҕарар сааҕа бэйэтигэр сөп түбэһэр ботуруоннаах буолар, оттон бу сааҕа исписэлиистэр «Магнум« ботуруонунан ытарга сүбэлииллэр. Маны таһынан ТОЗ-200 диэн тупсарыллан оҥоһуллубут биир чыыбыстаах, булгуруттахха ботуруонун бэйэтэ тэбэн таһаарар эжектэрдээх көрүҥнээх. Ыйааһына приклада ханнык мастан оҥоһуллубуттан тутулуктаах. Уһуна 180 сэнтимиэтир, ыйааһына 3,5 киилэ. Халыыбыра 12/76.
  • МЦ 21-12. Идэтийбит уонна көннөрү да сааһыкка сөп түбэһэр. Бүтүн Арассыыйа үрдүнэн суос-соҕотох буорах ытан таһаарбыт гааһын көмөтүнэн бэйэтэ иитиллэр хамсыыр уостаах саа. Аан дойдуга 300 тыһ. кэриҥэ маннык саа баар. Уоһа уһатыллар буолан бары булт көрүҥэр хамаҕатык туттуллар. «Маҕаһыыныгар» 4 ботуруон киирэр. Атыылаһааччы аҥардас сааны таһынан, эбии «Парадокс» диэн насадка сакаастыан сөп. Уһуна 128,5 сантымыатыр, ыйааһына 3,7 киилэ. Халыыбыра 12/70.
  • ТОЗ-88. Идэтийбит да, көннөрү даа сааһыт туттуон сөп. Биэстэ эстэр. Умайбыт буорахтан тахсар гаас көмөтүнэн бэйэтэ иитиллэр. Саа иһигэр гаас мустар хаамыралаах. Ол хаамыратыгар мустубут гааһы таһаарар анал оҥоһуулаах буолан, кыра да улахан да уохтаан ботуруонунан ытарга табыгастаах. Уһуна 125 сэнтимиэтир, ыйааһына 3,3 киилэ. Халыыбыра 12/76.
  • МЦ 20-01. Кыра уонна орто кыылы бултуурга аналлаах хаста да эстэр булт саата. Оҥоһуута боростуой. «Маҕаһыына» уһуллара уонна ыйааһына чэпчэки буолан туттарга судургу. Уһуна 115 сэнтимиэтир, ыйааһына 2 киилэ. Халыыбыра 20/70.
  • ТОЗ-124. Бу сааны эмиэ идэтийбит да көннөрү да сааһыт туттуон сөп. Уоһа маһыгар лип курдук олордуллан штифт көмөтүнэн туттарыллыбыт буолан уһун үйэлээх. Кыҥыыра (мушката) сыҕарыйбат. Саа уоһун ханаалын сабарга анаан сомуогун иннигэр икки тирэхтээх, онон илдьэ сылдьарга куттала суох. Уһуна 123 сэнтимиэтир, ыйааһына 2 киилэ. Халыыбыра 12/76.
  • ТОЗ-106. Хомуллар прикладтаах, кыра габариттаах хаста да эстэр саа буолар. Үксүгэр бэйэни көмүскэнэргэ, хаһаайыстыбаннай тутуулары харабыллыырга уонна чугастан ытан бултуурга туттуллар. Уһуна 81 сэнтимиэтир, ыйааһына 2,5 киилэ. Халыыбыра 20/70.
  • ТОЗ-94. Биэстэ эстэр аптамаат саа. Уоһун иһэ хром. Тулаайаҕа эбэтэр приклада эриэхэ эбэтэр бук мастан оҥоһуллар буолан олус кытаанах. «Маҕаһыыныгар» биэс ботуруон киирэр эрээри, сакааһынан икки да киирэр, сэттэ киирэр гына уларытыахха сөп. Уһуна 125 сэнтимиэтир, ыйааһына 3,2 киилэ. Халыыбыра 12/70.
  • САЙГА-12. Казахстан ССКП КК бастакы сэкирэтээрэ көрдөһүүтүнэн, Калашников аптамаатын холобуругар оҥоһуллубут саамай биллэр булт саата. Этэргэ дылы, «ууга-уокка» да ытар. Анал үөрэтии түмүгүнэн, 12, 20 халыыбырдаах ханнык баҕарар доруоп ботуруонунан, кэрчиэһинэн харбакка эрэ ытар диэн быһаарбыттар. «Маҕаһыыныгар» 2-8 диэри ботуруон киирэр. Уоһа сакааһынан уһатыллар. Приклада мас да быласымаас да буолар. Уһуна 114,5 сэнтимиэтир, ыйааһына 3,6 киилэ. Халыыбыра 12/70-ы таһынан 12/73, 12/76 халыыбыр эмиэ сөп түбэһэр.
  • Бенелли Рафаэлла (Benelli Raffaello). Бу аан дойдуга биир саамай биллэр, үчүгэй хаачыстыбалаах Италияҕа оҥоһуллар саа буолар. Италияны таһынан өссө Бенелли фирма көҥүлүнэн Турцияҕа эмиэ таһаараллар эрээри, арыый атыннаах буолар. Бу саа араас көрүҥнээх буолар. Ол курдук оһуордаах-мандардаах, сэдэх оҥоһуулаах уонна көрүнньүк саа. Быһыыта-таһаата, хас биирдии деталя ордук-хос туга да суох гына чочуллан, ураты систиэмэнэн оҥоһуллубут буолан туттарга, илдьэ сылдьарга табыгастаах. Аптамаат аҥаардаах. Уоһугар биир, маҕаһыыныгар түөрт ботуруон киирэр. Ханнык баҕарар ботуруонунан ытыахха сөп. Ол эрэн күүстээх, уохтаах ботуруоннары туттарга сүбэлииллэр. Ол көмөтүнэн түргэнник ытар уонна ыппыт ботуруонун гильзатын атын саалартан түргэнник таһаарар. Ытар кэмҥэ саа уоһа вибрациялаабат, мээнэ харбат. Сааны кытта эбии хас да чуоктаах буолар. Чуогун тимиригэр диаметра хайаан да суруллар. Уоһун уһуна 76 «маҕаһыына» 7,6, уопсай уһуна 130 сэнтимиэтир. Ыйааһына 3,2 киилэ. Халыыбыра 12.

Түмүк быһыытынан эттэххэ, хайа баҕарар сааны таларга, аҥардас кини характарыыстыкатын эрэ көрөн талбакка, оннук сааны туттан нэмин билбит киһиттэн сүбэ ылар тоҕоостоох, туһалаах буолуо.