Иһинээҕитигэр көс

Хоомей

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Хоомей — тывалыы хабарҕа ырыатын уопсай аата (тув. Хөөмей).

«Хоомей» диэн тылынан тывалыы хабарҕа ырыатын барытын, ону таһынан хабарҕа ырыатын биир сүрүн истиилин ааттыыллар[1].

Хоомей — тывалыы хабарҕа ырыатын биэс сүрүн истиилиттэн биир ойуччу, ураты истиилэ. Тувинныы тиэхиньикэнэн түөс иһиттэн дорҕоону таһаарыыны "хоректээр" (түөһүнэн ыллыыр) диэн билим тиэрмининэн бэлиэтииллэр. Бу ускуустуба уратыта диэн, ылааччы хабарҕатынан ыллыыр кэмигэр тута икки эбэтэр үс нуотаны тэҥинэн таһаарыан сөп. Ол түмүгэр "элбэх куоластаах" соло үөскүүр.

Тывалыы хабарҕа ырыатын албастара

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
хоомей

Итини таһынан өссө биэс уонтан тахса араас ньыма баар. Холобур — думчуктаар (салгыны муннунан таһаарыы), даг каргыраазы (хабарҕа каргыраата), хову каргыраазы (истиэп каргыраата), буга хоомей (оҕус хоомейэ), Ойдупа ырыаһыт каргыраата.

Хабарҕа ырыата Киин Азияҕа былыр-былыргыттан тарҕаммыт көрүҥ. Элбэх норуокка-омукка көстөр. Ол иһигэр монголларга, тувиннарга, казахтарга, алтайдарга, бүрээттэргэ уонна да атыттарга баар. Номохторго кэпсэнэргэ, былыыр-былыр хабарҕа ырыатын хайа чыпчаалыгар тахсан туран уол оҕо ыллыыр үһү. Кини ырыатын истээри ыраах сиртэн, бэл, баай дьон кэлэллэр үһү.

Тыва толорооччулара хоомейы бары тус-туһунан толороллор, албастардаах, ньымалардаах буолаллар. Холобур:

  • Максим Дакпай сыгыта;
  • Ак-оола Кара-Сала хоомейэ;
  • Геннадий Тумат киштээрэ;
  • Ооржак Хунаштаар-оолун хоректээрэ;
  • Алдын-оола Севек каргыраата, о.д.а..

Тувинныы хабарҕа ырыатын биир биллэр толорооччута Кайгал-оол Ховалыг буолар. Арҕааны көрөөччүлэр ордук Ондар Коңгар-оолу билэллэр. Казахтар ордук каргырааны ыллыыр Едиль Хусаиновы сэҥээрэллэр.

  1. Маркус С. В. Тува: словарь культуры. — Москва: Академический проект, 2006. — С. 729. — 830 с. — ISBN 978-5-902358-93-0
  • Кыргыс З. К., «Хоомей — жемчужина Тувы», Кызыл, 1992 г.
  • Кыргыс З. К., «Тувинское горловое пение», Новосибирск, 2002 г.
  • Ондар, М. А. Метод «звучащих спектров» в исследовании горлового пения / М. А. Ондар, А. С. Сарыглар // Материалы XXIV сессии Российского акустического общества, сессия Научного совета по акустике РАН. Саратов, 12-15 сентября 2011 г. — С. 75—78.
  • Ондар, М. А. Частотный диапазон звуков горлового пения / М. А. Ондар, А. С. Сарыглар // Материалы V Международного этномузыкологического симпозиума «Хоомей (горловое пение) — феномен культуры народов Центральной Азии». — Кызыл, 2008. — С. 143—158. Ондар, М. А. Основы анализа звуков хоомея. Учебное пособие. Кызыл, 2018, 36 с.