Иһинээҕитигэр көс

Шариат

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт


Ислам

Итэҕэйиилэрэ

Аллах · Тауhид · Таҥара
Муhаммед · Көрбүөччүлэр

Олохторо

Шаhада · Намаз
Саум · Зэкээт · Хадь

Суруйуулара уонна сиэрдэрэ

Коран · Сунна · Хадис
Фикх · Шариат · Калам · Суфизм

Историята уонна басханнара

Аль эл-Байт · Саhаба
Суннаhыттар · Шиа
Кырдьыксыт халифтар · Халифат
Имамат

Шариат, эбэтэр Шария сокуона диэн Ислам традициятыгар итэҕэл принциптара. Арааб тылыттан (شريعة) "суол" диэн тылбаастанар.

Классическай шариат уопсастыбыннай уонна чааһынай олоҕу ойуулуур, ол курдук итэҕэл ритуалларын, дьиэ кэргэн олоҕун, бизнеһы, буруй оҥорууну уонна сэриини. Урут дьыллартан Кораҥҥа, Хадиска уонна дьүүллэһитигэр олоҕурар. Сорох өттүн сокуон өйдөбүлүнэн ылыныллар онтон сорох өттө Таҥара быраабылатын курдук ылыныллар.

Мусульман дойдулар сокуоннара бэйэлэрэ сокуоннаахтар даҕаны, син биир сорох өттө классическай шариакка олоҕурар. Аныгы олоххо шариат хайдах туттуллуохтааҕын мусульманнар өссө даҕаны мөккүөрдэр уонна дьүүллэһии бүтэ илик.