2009
Тас көрүҥэ
Сыллар |
---|
2005 2006 2007 2008 — 2009 — 2010 2011 2012 2013 |
Уоннуу сыллар |
1970-с 1980-с 1990-с — 2000-с — 2010-с 2020-с 2030-с |
Үйэлэр |
XX үйэ — XXI үйэ |
2009 сыл.
Туох буолбута
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Тохсунньу
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Тохсунньу 3 — Биткоин төлүүр систиэмэ айааччыта Сатоши Накамото блокчейн бастакы блогун оҥорбут.
- Тохсунньу 20 — Польша Гданьскай куоратыгар «АРТнавигация — саха худуоһунньуктарын билиҥҥи графиката уонна и живопиһа» диэн ааттаах быыстапка аһыллыбыт. Уон худуоһунньук кыттыбыт, олор истэригэр: Ольга Скорикова, Андрей Чикачев, Михаил Старостин, Евдокия Романова, Туйаара Шапошникова.
- Тохсунньу 20 — Барак Обама Америка Холбоһуктаах Штааттарын 44-с бэрэсидьиэнинэн буолбут. Кини бу солоҕо бастакы афроамериканец.
Олунньу
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Олунньу 2 — Зимбабвеҕа деноминация буолбут, курса — 1 000 000 000 000 : 1 (1 триллион : 1). 2006-2009 сылларга бу курдук үс деноминация буолбута, онтон Зимбабве дуоллара эстибитэ.
- Олунньу 7 — Виктория штаакка ойуур уотугар 173 киһи өлбүт. Бу Австралия устуоруйатыгар саамай элбэх өлүүлээх айылҕа алдьархайа этэ.
Кулун тутар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Кулун тутар 31 — Дьокуускайга Саха Өрөспүүбүлүкэтин билимҥэ уонна техникаҕа интэлигиэнсийэтин I форума буолбут. Түөрт сиринэн төгүрүк остуоллар буолбуттар, СГУ Култууратын киинигэр быыстапка үлэлээбит.
- Кулун тутар 28 — бу чыыһылаҕа планета үрдүнэн олорор дьоннор бары «Сир чааһа» (нуучч. «Час Земли») диэн улахан аһымал акция ыыппыттар. Бу акция сүрүннээн «баараҕай сылыйыыны» (нуучч. «глобальное потепление») утары охсуһуу.
- Кулун тутар 31 — Дьокуускайга Саха Өрөспүүбүлүкэтин билимҥэ уонна техникаҕа интэлигиэнсийэтин I форума буолбут. Түөрт сиринэн төгүрүк остуоллар буолбуттар, СГУ Култууратын киинигэр быыстапка үлэлээбит.
Муус устар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Муус устар 4 — Франция НАТО байыаннай блогар толору төннөрүн туһунан биллэрбит.
- Муус устар 10 — Өксөкүлээх аатынан культура Киинигэр «Сааскы сырдык иэйиилэрим» диэн ырыаһыт Раиса Захарова айар киэһэтэ буолбута.
Ыам ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ыам ыйын 10 — Иркутскай уобаласка бөртөлүөт саахалламмыт. Өлбүттэр ортолоругар күбүрүнээтэр Игорь Есиповскай баар эбит.
Бэс ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Бэс ыйын 12 — Ирааҥҥа айдааннаах бэрэсидьиэн быыбара буолбут, дойдуга быыбар түмүгүн билиммэтэхтэр киэҥ утарар тэрээһиннэри оҥорбуттар.
Атырдьах ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Атырдьах ыйын 21 — "Мир" сир аннынааҕы руднигын үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйбыттар. Арыйыы сиэригэр-туомугар РФ бырабыыталыстыбатын салайааччы Владимир Путин, СӨ бэрэсидьиэнэ Вячеслав Штыров кыттыбыттар. Ити саҕана АЛРОСА бэрэсидьиэнэ Федор Андреев этэ. Бу Арассыыйаҕа алмааһы хостуур сир аннынааҕы иккис рудник, бастакы — "Интернациональнай", 1999 сыллаахха үлэҕэ киирбитэ.
Алтынньы
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Алтынньы 3 — Азербайджан, Казахстан, Кыргызстан уонна Турция Түүр сүбэтин тэрийбиттэр. 2019 сыллаахха Сүбэҕэ Узбекистан холбоспут, Туркменистан холбоспокко сылдьар. Ону кытары Венгрия кэтээччи быһыытынан баар.
- Алтынньы 13 — «Саха сирин виртуозтара» (Виртуозы Якутии) ансамбль Алын Новгород Кириэмилин кэнсиэртиир саалатыгар кэнсиэр биэрбит.
- Алтынньы 22 — Дьокуускайга федеральнай университет тэриллиэхтээҕин туһунан дойду бэрэсидьиэнэ Дмитрий Медведев ыйааҕа тахсыбыт: Максим Кирович Аммосов аатынан СГУ Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет буолуохтаах.
- Алтынньы 22 — Windows 7 тахсыбыт. Виндоуска саха тылын клавиатурата аан бастаан эрдэттэн туруоруллубут. Бу иннинэ атын сиртэн туспа хачайдаан ылан туруорунуохха сөп этэ.
- Алтынньы 29 — алтынньы 27—29 күннэригэр «Боронтуустуу саҥарааччыларга Саха сирин уобараһа» («Образ Якутии во франкоязычном мире», «Image de la Yakoutie dans le monde francophone») диэн кэмпириэнсийэни СГУ боронтуус филологиятын кафедрата көҕүлээн ыыппыт.
Сэтинньи
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Сэтинньи 3 — Чиэхийэ бэрэсидьиэнэ Вацлав Клаус Лиссабоннааҕы сөбүлэҥҥэ илии баттаан, докумуону олоххо киллэрбит.
- Сэтинньи 4 — суруналыыс уонна артыыс Андрей И Шергин шахтатыгар түһүү шоу тэрийбит.
- Ахсынньы 3 — Бразилияҕа Рио де Жанейро куоратыгар Анастасия Диодорова 50 м баттерфляй ньыманан устууга инбэлииттэргэ Аан Дойду рекордун олохтообут — 38,86 сөкүүндэ.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Бэс ыйын 5 — биллиилээх саха түмэт диэйэтэлэ, бэлиитигэ Филипп Охлопков, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ. Ил Түмэн дьокутаата.
- Бэс ыйын 8 — Овчинникова Александра Яковлевна, 1963 — 1980 сыллардаахха Саха АССР Үрдүкү Сэбиэин бэрэсэдээтэлэ.
- Бэс ыйын 10 — Евдокия Коркина (17.12.1917 төр.) — биллиилээх тюрколог, РСФСР наукатын үтүөлээх диэйэтэлэ, тыл үөрэҕин билимин дуоктара. Саха сиринээҕи тыл, литэрэтиирэ уонна устуоруйа институтун салайбыта.
- Атырдьах ыйын 11 — Оконешников Николай Егорович, саха урбаанньыта.
- Атырдьах ыйын 28 — Афанасий Ильич Тобонов — Саха сирин улуустарыгар ракеталар стуупеннарын түһэрии утары охсуспут саха киһитэ, уопсастыбаннай диэйэтэл, бэтэринээр.
- Алтынньы 31 — Цянь Сюэсэнь — кытай учуонайа, чинчийээччитэ, Кытай халлаан куйаарын бырагырааматын төрүттээччи, АХШ куйаар бырагырааматын кыттыылааҕа, Кытай баллистическай ракеталарын оҥорбут киһи.
- Ахсынньы 16 — Егор Гайдар — Арассыыйа экэнэмииһэ уонна бэлиитигэ. 1990-с сыллар саҕаланыыларыгар ыытыллыбыт экэниэмикэ реформаларын тэрийээччилэриттэн биирдэстэрэ буоларынан биллэр.