Бишкек
Халыып:НП-Киргизия Бишке́к (кырг. Бишкек; урукку өттүгэр Пишпе́к, Фру́нзе) — Кыргыстаан киин куората , өрөспүүбүлүкэ таһымнаах куорат, Чүй уобалаһын киинэ (уобалас састаабар киирбэт). Кыргыстаан саамай элбэх киһилээх куората — 1 053 900 чел. (2020).
Орто үйэлэр саҕаттан Ала-Мүдүн уонна Ала-Арча үрэхтэр тардыыларынан түүр тылаах көс омуктар олохсуйбуттар. Кэлин бу сири Коканд хааннара сэриилэн ылан кириэппэс туппуттар, ол урусхалламмытын кэннэ нуучча аармыйата турбут. Тулатыгар нуучча бааһынайдара олохсуйбуттар.
Куорат Кыргыстаан хоту өттүгэр Чүй хочотугар муора таһымыттан 700-900 м үрдүктээх сиргэ, Тянь-Шань хайаларын тэллэҕэр турар. Куорат кииниттэн Казахстаан быыһыгар диэри 25 км. Турксиб тимир суолун салаата куоракка кэлэр. Куорат сирин иэнэ 127 км²
Куорат аата хайдах үөскээбитэ
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Пишпек диэн Коканд кириэппэһин оннугар 1878 сыллахха нуучча сэлиэнньэтэ баар буолбут. Онтон 1926 сыллаахха сэбиэскэй байыаннай М.В. Фрунзе аата иҥэриллибит. Кыргыыс тылын дорҕоонун тутулугар олоҕуран кыргыыстыы "Пурунзе" диэн ааттыыллара.
Сэбиэскэй Сойуус ыһыллыбытын кэннэ куорат аатын Бишкек диэҥҥэ уларыппыттара. Кыргыыс тылыгар "бишкек" диэн кымыһы ытыйар ытык аата.
Үһүйээҥҥэ кэпсэнэринэн биир кыргыыс хат дьахтара ытыгын сүтэрэн көрдүү сырыттаҕына төрүүр кэмэ кэлбит. Ол иһин онно төрөөбүт уолу Бишкек диэн ааттаабыттар. Кэлин уол улаатан баатыр буолан дьоһуннаах олоҕу олорон ааспыт. Ала-Мүдүн үрэх үрдүгэр көмүллүбүт. Бишкек уҥуоҕа диэн манна өр сылларга турбут, XVII—XVIII үйэтээҕи айанньыттар көрөллөрө эбитэ үһү .
Сирэ-уота, айылҕата.
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
Орто сыллааҕы температурата +11,3 °C. Сылга 450 мм сөҥүү түһэр. сайыҥҥы орто температурата 25 °C, кыһыҥҥыта -2 °. Ол эрэн сайынын 40 °C кыырадыска диэри итийэр, кыһын −30 °C буолуон эмиэ сөп. Ордук тымныы кыһыҥҥы ый — тохсунньу (-2,6 °С), куйаас — от ыйа (+24,9 °C). Ыйдааҕы салгын сиигэ сайын ортотунан 44 % бэс, от ыйдарыгар, 74 % кулун тутарга, сылга ортотунан — 60 %. Куорат иһинэн хайаттан түһэр Ала-Арча уонна Ала-Мүдүн үрэхтэр устан ааһаллар, куорат хоту өттүнэн Улахан Чүй ханаала устар.
Килиимэтэ
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Сыллааҕы орто температурата +11,3 °C. Сылга 450 мм сөҥүү түһэр. Сайыҥҥы температура ортотунан 25 °C курдук, кыһыҥҥыта −2 °C курдук. Ол эрэн сайынын 40 °C куйааһырар, кыһын −30 °C тиийиэн сөп.Халыып:Климат города
Нэһилиэнньэтэ
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Куорат 4 оройуоҥҥа арахсар. 2009 сыллаҕы биэрэпис түмүгүнэн киһитин ахсаана[1]:
- Өктөөп оройуона — 242 382 (2009)
- Пиэрибэй Маай оройуона — 175 894 (2009)
- Свердлов оройуона — 231 801 (2009)
- Ленин оройуона — 201 626 (2009)
- Чон-Арык бөһүөлэк — 9724 (2009)
- Орто-Сай сэлиэнньэтэ (айыыл) — 4100 (2009)
Нэһилиэнньэтэ — 2020 сыл тохсунньу 1 күнүгэр 1053,9 тыһ.(куруук олорооччута), 1070,2 тыһ. (дьиҥнээҕэ).
Дойду атын уобаластарыттан дьон көһөн кэлиитэ элбэх буолан Бишкек киһитин ахсаана балысханнык улаатар, ону таһынан кыргыыстарга оҕо төрөөһүнэ эмиэ элбэх.
Омуктарынан ахсаана
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]1989 сыл | % | 1999 сыл | % | 2009 сыл | % | 2019 сыл | % | |
---|---|---|---|---|---|---|---|---|
всего | 619903 | 100,00 % | 762308 | 100,00 % | 835743 | 100,00 % | 1 027 245 | 100,00 % |
Кыргыыстар | 141841 | 22,88 % | 398000 | 52,21 % | 552957 | 66,16 % | 763 826 | 74,36 % |
Нууччалар | 345387 | 55,72 % | 252831 | 33,17 % | 192080 | 22,98 % | 165 029 | 16,07 % |
Уйгуурдар | 10977 | 1,77 % | 13143 | 1,72 % | 13380 | 1,60 % | 15 983 | 1,56 % |
Узбектар | 10390 | 1,68 % | 12393 | 1,63 % | 11801 | 1,41 % | 13 990 | 1,36 % |
Кэриэйдэр | 10043 | 1,62 % | 12710 | 1,67 % | 12014 | 1,44 % | 12 423 | 1,21 % |
Татаардар | 16984 | 2,74 % | 15817 | 2,07 % | 12712 | 1,52 % | 11 775 | 1,15 % |
Казаахтар | 8943 | 1,44 % | 12064 | 1,58 % | 9013 | 1,08 % | 10 301 | 1,00 % |
Дунгааннар | 2618 | 0,42 % | 3558 | 0,47 % | 4040 | 0,48 % | 5 305 | 0,52 % |
Украиналар | 34321 | 5,54 % | 16125 | 2,12 % | 7987 | 0,96 % | 4 630 | 0,45 % |
Туурактар | 908 | 0,15 % | 2277 | 0,30 % | 3149 | 0,38 % | 3 746 | 0,36 % |
Азербадьааннар | 2166 | 0,35 % | 2454 | 0,32 % | 2142 | 0,26 % | 2 722 | 0,26 % |
Ньиэмэстэр | 13619 | 2,20 % | 5228 | 0,69 % | 2554 | 0,31 % | 2 416 | 0,24 % |
Таджиктар | 709 | 0,11 % | 1828 | 0,24 % | 817 | 0,10 % | 1 055 | 0,10 % |
Түркүмүөннэр | 369 | 0,06 % | 132 | 0,02 % | 703 | 0,08 % | 784 | 0,08 % |
Эрмээннэр | 1218 | 0,20 % | 726 | 0,10 % | 512 | 0,06 % | 486 | 0,05 % |
Белорустар | 4119 | 0,66 % | 1341 | 0,18 % | 638 | 0,08 % | 393 | 0,04 % |
Дьэбириэйдэр | 4822 | 0,78 % | 1293 | 0,17 % | 498 | 0,06 % | 379 | 0,04 % |
атыттар | 10469 | 1,69 % | 10388 | 1,36 % | 8746 | 1,05 % | 12 002 | 1,17 % |
Былыргыта
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Античнай уонна орто үйэтээҕи дьон олохторо
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Бишкек сиригэр булуллубут түҥ былыргы дьоннор олохторун б.э.и. V-IV үйэтээҕилэр диэн быһаараллар. Чүй хочотунан Улуу торҕо суолун илиҥҥи салаата ааһара уонна манна кэлэн Киин Тянь-Шань хайатын уҥуордуур суолу кытта холбоһоро. Бу сиргэ VII- XI үйэлэргэ Джуль диэн былыргы куорат баар буола сылдьыбыт[2].
Пишпек
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]1825 сыллаахха Мадали-хаан ыйааҕынан Пишпек диэн Коканд кириэппэһэ олохтоммута. Чүй хочотугар саамай улахан байыаннай гарнизон манна баара. Көс олохтоохтоор кыстыктарыттан сайылыктарыгар тахсар суоллара уонна Иссык-Куль, Семиречье суоллара манан ааһар этилэр.
Пишпек туһунан сурукка бастакы ахтыы «Описание военных действий в Заилийском крае в 1860 году и журнал осады кокандской крепости Пишпек» диэн кинигэҕэ киирбит :
Постоянно враждебные намъ замыслы Хокандцевъ, обнаруживавшіеся въ подстреканіи зачуйскихъ Киргизовъ къ хищническимъ вторженіямъ въ наши предѣлы, заставили корпуснаго командира Отдѣльнаго Сибирскаго Корпуса и генералъ-губернатора Западной Сибири, генерала отъ инфантеріи Гасфорда, представить на Высочайшее благоусмотрѣніе предположеніе объ экспедиціи за р. Чу для разоренія хокандскихъ крѣпостей Токмака и Пишпека. Крѣпости эти, бывшія грозою для Киргизовъ, кочующихъ внѣ нашихъ предѣловъ, служили главными пунктами, откуда распространялось на край вліяніе Хокандцевъ: въ нихъ содержался гарнизонъ изъ Хокандскихъ солдатъ, употребляемыхъ для сбора съ Киргизовъ зякета, для возбужденія ихъ противъ Русскихъ, и для подкрѣпленія хищническихъ партій небольшими отрядами. |
Нууччалар кириэппэһи икки төгүл ыла сылдьыбыттар (1860 сыл балаҕан ыйын 4 к. уонна 1862 сыл алтынньы 24 к.). Ол кэннэ 1862 сыл сэтинньитигэр солто аҕа ууһун кыргыыстара кириэппэһи бүтэһиктээхтик урусхаллаабыттара. Икки сыл буолан баран казактар харабыллара турбут уонна онно баһаар баар буолбут.
1868 сыллаахха суолу кыйа Пенза, Самара, Воронеж, Тамбов күбүөрүнэлэриттэн кэлбит нуучча бааһынайдара Пишпек сэлиэнньэтин олохтообуттар. Олорго кэлин Ташкентан, Намангантан уо.д.а. Узбекистан куораттарыттан кэлбит узбек эргиэмсиктэрэ холбоспуттара. 1878 сыллаахха Пишпеккэ 58 ыал, 182 киһи олорбут. Олортон 9 нуучча ыала, 48 узбек, 1 татаар.
1878 сыл мууст устар 29 күнүгэр Пишпек уезд киинэ уонна куорат буолбута. Куорат үөскээбитэ итинтэн ааҕыллар.
1924 муус устар 24 күнүгэр Чехословакияттан «Интергельпо» кооператив көһөн кэлэн тутуу ыытыаҕыттан куорат аныгылыы дьүһүннэммитэ.
1924 сыл алтынньытыттан куорат Хара-Кыргыыс автономиялаах уобалаһын, онтон 1925 сыл ыам ыйыттан Кыргыыс автономиядаах уобалаһын киининэн буолбута.
Фрунзе
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]1926 ыам ыйын 12 күнүттэн куорат Фрунзе диэн буолбута. Михаил Фрунзе диэн Сэбиэскэй Армия салайааччыларыттан биирдэстэрэ бу куоракка төрөөбүтэ. 1936 сылтан Фрунзе куорат Кыргыыс Сэбиэскэй сэссийэлистиичэскэй өрөспүүбүлүкэтин киининэн буолбута.
1938 сыллаахха Фрунзеҕа 3 оройуона тэриллибитэ: Пролетарскай, Бастакыы Маай уонна Свердлов. 1962 сыллаахха Пролетарскай оройуона Ленин оройуона буолбута. 1974 сыллахха Өктөөп оройуона тэриллибитэ[3].
Бишкек
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Кыргыыс ССӨ Үрдүкү Сэбиэтин 1991 с. олунньу 5 күнүнээҕи быһаарыытынан куорат аатын Бишкек диэҥҥэ уларыппыттара[4]. 2005 сыл кулун тутар 23 күнүгэр уонна 2010 сыл муус устар 7 күнүгэр куорат өрөбөлүүссүйэ дьалҕааныгар оҕустарбыта.
ССРС саҕана куоракка элбэх промышленнай тэрилтэлэр бааллара үксүлэрэ сабыллан тураллар. Куоракка урукку Сойуус үрдүнэн саамай улаханынан биллибит "Дордой" ырыынак үлэлиир.
Айан-көлө
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Тимир суола
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Куоракка 3 тимир суол ыстаансыйата баар: Пишпек, Бишкек уона Ала-Мүдүн. Таһаҕас уонна дьон үксэ Казахстаан нөҥүө Россия куораттарын диэки салаллар. Дойду иһинэн аҕыйах маршрут баар.
Элэктэриичэстибэ көлө
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Куоракка троллейбустар ситимнэрэ баар.
Кыра кыамталаах метро уонна куорат иһинээҕи поезд суолун тутуу барыллара баар.
Массыына көлө
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Дьону таһар көлө сүрүн көрүҥнэрэ: автобустар, маршрутнай такси уонна такси.
Кыра массыына ахсаана 2000 сылтан 2011 сылга диэри 3 төгүл элбээбит.
Иссык-Куль хайысханан, ордук сайын, сырыы элбиир. Поеһынан Балыкчы куоракка тийиэххэ сөп.
Кэтэх таксистар Талас, Нарын, Ош, Джалал-Абад, Баткен ьуһаайыытынан сылдьаллар. Куоракка икки автовокзал баар: Арҕаа (саҥа) уонна Илиҥҥи (эргэ).
Салгын пуорда
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Куораттан 23 км тэйиччи "Манас" норуоттар икки ардыларынааҕы салгын пуорда баар. Түһэр-тахсар полосатын уһуна 4,2 км буолан ханнык баҕар кылаастаах көтөр аал халлаан туругун аахсыбакка түһүөн сөп.
Билим уонна үөрэхтээһин
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Бишкек дойдуга билим-үөрэхтээһин киинэ буолар. Саамай кырдьаҕастара уонна улаханнара 1925 сыллаахха тэриллибит Кыргыыс национальнай университетэ буолар. 2018 сыллааҕы ааҕыынан куоракка 45 үрдүк үөрэх тэрилтэтэ баар эбит, олортон 22 судаарыстыба киэнэ, 23 - кэтэх[5].
Култуура
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Театрдар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ч. Айтматов аатынан академическэй нуучча драма театра.
- Т. Абдумомунов аатынан кыргыыс национальнай академическэй драма театра.
- А. Малдыбаев аатынан национальнай опера уонна балет театра.
- А. Умуралиев аатынан Бишкек куорат академическэй театра.
- М. Жангазиев аатына судаарыстыбаннай куукула театра.
- "Тунгуч" ыччат театра.
Түмэллэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Кыргыстаан история судаарыстыбаннай түмэлэ.
- Гапар Айтиев аатынан уус-уран националнай түмэл.
- Т. Садыков аатынан национальнай ойуулуур-дьүһүннүүр академия түмэлэ.
- Билим национальнай академиятын Биология-кырыс институтун зоология түмэлэ.
- Билим национальнай академиятын археология түмэлэ.
- Минералогия түмэлэ.
- Хайа уонна хайа технологияларын институтун геолгия түмэлэ.
- М.Фрунзе өйдөбүнньүк түмэл-дьиэтэ.
- И.Раззаков өйдөбүнньүк түмэл-дьиэтэ.
- Аалы Токомбаев аатынан өйдөбүнньүк түмэл-дьиэ.
- Семен Чуйков аатынан өйдөбүнньүк түмэл-дьиэ.
- Ольга Мануйлова аатынан өйдөбүнньүк түмэл-дьиэ.
Киинэ театрдара
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Куоракка «Киргизфильм» киностудия баар.
- Т. Сатылганов аатынан Кыргыыс национальнай филармонията
Итэҕэл
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Ислам
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Бишкеккэ 50 мечеть баар.
Турция уонна Иордания үбүлээһининэн 20 тыһ. киһини батарар Киин мечеть тутуллубута.
Христианство
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Нуучча таҥаратын дьиэтэ 4 храмнаах. Старообрядческай, древлеправославнай, протестаннар общиналара баар[6].
Кэрэ-бэлиэ сирдэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Кузнечнай кириэппэс (томтор уонна кириэппэс сороҕото)
- «Ата-Бейит» өйдөбүнньүк
- Судаарыстыбаннай сыырка
- Ипподром
- Өрөспүүбүлүкэтээҕи "Сейтек" оҕо-ыччат киинэ
- Соҕуруу аартык
Болуоссаттар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ала-Тоо — Бишкек киин болуоссата. Манна Манаас пааматынньыга турар.
- Эргэ болуоссат
- Кыайыы болуоссата
- Вокзал болуоссата
- Университет болуоссата
- Театр болуоссата
Театр болуоссата | Ала-Тоо болуоссата | Проспект Чуй | Бульвар Эркиндик |
Пааматынньыктар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Орто Азия дойдуларыгар Ленин пааматынньыга Бишкек куоракка эрэ билиҥээҥҥэ диэри турар. Кыргыстаан быраабыыталыстыбатын анал сокуонунан бу пааматынньыгы харыстанар.
Спорт
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]«Дордой» футбол кулууба баар.
- Кожомкул аатынан спорт уораҕайа
- «Спартак» стадион
- Национальнай ат сүүрдэр сир
- Ат спордун оскуолата
- Олимпийскай эрэллэр оскуолалара
- Физкультура института
Бэлиитикэ
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Былаас уорганнара
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Куоракка дойду салалтата, куорат уонна оройуоннар дьаһалталара, бэрэстэбиитэллээх органнара бааллар. Кыргыстаан парламена Жогорку Кенеш.
Галерея
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Бэлиэтээһиннэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- ↑ Перепись населения Киргизии 2009. Бишкек(суох сигэ — история). Тургутулунна 21 Кулун тутар 2012. Төрүт сириттэн архыыптанна 21 Кулун тутар 2012.
- ↑ VirCity.kg — информационно-справочный сайт г. Бишкек(суох сигэ — история). Тургутулунна 20 Олунньу 2012. Төрүт сириттэн архыыптанна 29 Сэтинньи 2014.
- ↑ История развития города Бишкек, Ленинского района. Ленинградская районная администрация города Бишкек. Тургутулунна 28 Балаҕан ыйын 2012. Төрүт сириттэн архыыптанна 16 Алтынньы 2012.
- ↑ Постановление Жогорку Кенеша КР от 5 февраля 1991 года №374-XII "О восстановлении исторического названия города Фрунзе". cbd.minjust.gov.kg. Тургутулунна 1 Олунньу 2019.
- ↑ Список вузов Кыргызской Республики | Национальный Erasmus+ Офис в Кыргызстане. erasmusplus.kg. Тургутулунна 24 Олунньу 2020.
- ↑ Религиозное положение в Бишкеке — Сайт мэрии города Бишкек(суох сигэ — история). Тургутулунна 13 Алтынньы 2012. Төрүт сириттэн архыыптанна 4 Кулун тутар 2016.
Сигэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Официальный сайт мэрии г. Бишкек
- Бишкекский городской Кенеш депутатов
- Фрунзе // Большая советская энциклопедия : [в 30 т.] / гл. ред. А. М. Прохоров. — 3-е изд. — М. : Советская энциклопедия, 1969—1978.
- Пишпек // Энциклопедический словарь Брокгауза и Ефрона : в 86 т. (82 т. и 4 доп.). — СПб., 1890—1907.
- The Spektator — городской гид и журнал Архыыптаммыт 2020, Бэс ыйын 23 күнүгэр.
- Коллекция 3D панорам города
- Фотосайт «Бишкек-Сити»: фотографии города Бишкек
- Карта города Бишкек
- Бишкек в энциклопедии Кирилла и Мефодия