Иһинээҕитигэр көс

Неоген

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Неогенгеология периода, Кайнозой кэнниттэн иккис период. 23,03 мөлүйүөн сыл нөҥүө саҕаламмыта, 2,58 мөлүйүөн сыл нөҥүө бүппүтэ[1].

Устата 23 мөлүйүөн сыл. Үүттээх харамайдар салгыҥҥа уонна байҕалга салҕыы сайдаллар – кит уонна абааһы үрүмэччитэ үөскүүллэр.

Плаценталаахтар атын харамайдары периферияҕа ыган таһаабыттар. Оччотооҕу фауна билиҥҥигэ олус майгынныыр.

Ол гынан баран мастадоннар уонна батас тиистээх баабырдар өссө олохтон туоруу иликтэр. Бөдөҥ көппөт көтөрдөр сабыдыаллара киэҥ.

Период Саҕаланыыта Бүтүүтэ
Миоцен 23,03 мөл. сыл 5,333 мөл. сыл
Плиоцен 5,333 мөл. сыл 2,58 мөл. сыл