Иһинээҕитигэр көс

1948

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сыллар
1944 1945 1946 194719481949 1950 1951 1952
Уоннуу сыллар
1910-с 1920-с 1930-с1940-с1950-с 1960-с 1970-с
Үйэлэр
XIX үйэXX үйэXXI үйэ

1948 сыл.

  • Тохсунньу 7 — Ойрот автономиялаах уобалаhын (Ойро́тская автоно́мная о́бласть) аата Хайалаах Алтаай автономиялаах уобалаhа (Го́рно-Алта́йская автоно́мная о́бласть) диэҥҥэ уларыйбыт. Билигин — Алтаай Өрөспүүбүлүкэтэ.
  • Кулун тутар 20 — ВКП (б) Киин кэмитиэтэ Югославия салалтатын маркстыы идьэлиэгийэттан туорааһыҥҥа аһаҕастык буруйдаабыт.
  • Ыам ыйын 3 — Японияҕа аан бастаан Конституция күнүн бэлиэтээбиттэр.
  • Ыам ыйын 14Израиль тутулуга суох судаарыстыба буолбут, быстах кэмнээҕи бырабыыталыстыба төрүттэммит. Дэкилэрээссийэ тахсаатын кытта аттыгар сытар арааб дойдулара саба түспүттэрэ.
  • Бэс ыйын 7 — Эдвард Бенеш Чехословакия саҥа конституциятыгар илии баттаабакка бэрэсидьиэн солотуттан барбыт. Бу иннинэ, олунньу 25 күнүгэр дойду түмэнин бэрэссэдээтэлэ буолан олорор хомуньуус Клемент Готвальд забастовканан куттаан уонна Сэбиэскэй Сойуус көмөтүнэн кинини күһэйэн бэйэтин бырабыыталыстыбатын олордубута. Бенеш барбытын кэннэ Чехословакияҕа былааска бүтэһиктээхтик хомуньуустар кэлбиттэрэ.
  • Алтынньы 5Дьокуускайга Иркутскай уулуссатын Дежнев аатынан ааттаабыттар.
  • Алтынньы 5Ашхабад куоракка буолбут сир хамсааһыныттан 10 000-тан 110 000 диэри киһи өлбүт.
  • Алтынньы 6Туркменистан киин куоратыгар Ашхабадка 7,3 магнитудалаах сир хамсааһына буолбут. Куорат 100 тыһыынча кэриҥэ олохтооҕуттан үс гыммыт биирэ өлбүт. Дьиэ-уот үксэ сиикэй кирпииччэнэн тутуллубут буолан сир хамсааһынын тулуйбакка урусхалламмыт. Бу аан дойду устуоруйатыгар саамай алдьатыылаах сир хамсааһыннарыттан биирдэстэрэ.
  • Сэтинньи 12Токиоҕа дойдулар ардыларынааҕы байыаннай түрүбүнээл сэттэ дьоппуон салайааччытын (ол иһигэр Хидеки Тодзё диэн генераалы) Иккис аан дойду сэриитигэр оҥорбут буруйдарын иһин өлөрөргө уурбут.