Балаҕан ыйын 23
Тас көрүҥэ
Балаҕан ыйын 23 диэн Григориан халандаарыгар сыл 266-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 267-c күнэ). Сыл бүтүө 99 күн баар.
Бэлиэ күннэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Оҕолор орто оскуоланы бүтэрбэттэрин утары охсуһуу күнэ
- Дойдулар ардыларынааҕы хамсанан этэр тыллар (язык жестов) күннэрэ
- Кыргыстаан — Судаарыстыбаннай тыл күнэ
- Литва — Геноцид эмсэҕэлээччилэрин кэриэстэбил күнэ
- Сауд Арабията — Национальнай күн
- Япония — Сюбун-но-хи диэн күн-түүн күһүҥҥү тэҥнэһиитин күнэ. Бу күн дьон өбүгэлэрин уонна өлбүттэри кэриэстииллэр.
Түбэлтэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1846 — Франция математига Леверье суоттааһынын туһанан ниэмэс астронома Галле Нептуну булбут.
- 1889 — Дьоппуоҥҥа Nintendo диэн видео оонньуу уонна оонньуур консоллары оҥорор хампаанньа төрүттэммит. Маҥнай кини хаарты оҥоруутунан дьарыктанар эбит.
- 1905 — Норвегия уонна Швеция Карлстад дуогабарын түһэрсэн эйэлээхтик арахсыспыттар. Норвегия бэйэтэ хоруоллаах тутулуга суох дойду буолбут, бу иннинэ биэс үйэ тухары Швеция эбэтэр Дания састаабыгар киирэр этэ.
- 1918 — Бассабыыктарга бас бэриммэт сирдэр икки бырабыыталыстыбалара Уфа куоракка кииннээх саҥа быстах кэм бырабыыталыстыбатын — Бүтүн Арассыыйатааҕы Быстах кэм бырабыыталыстыбатын (нууч. Временное Всероссийское правительство, атын аата Директория) төрүттээбиттэр. Бу бырабыыталыстыба алтынньыга Томскайга көспүтэ, онтон сэтинньигэ былааһы Үрдүкү баһылыкка — Александр Колчаакка — биэрбитэ.
- 1932 — Неджд султана Абдул-Азиз ибн Абдуррахман Аль Сауд судаарыстыбатыгар Хиджаз диэн эрэгийиэни холбоон Сауд Арабиятын төрүттээбит.
- 1997 — Яндекс поисковига үлэтин саҕалаабыт.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1901 — Ананий Андреев — 1929—1931 сс. Саха АССР Совнаркомун бэрэстээтэлэ, Саха АССР Коммунальнай хаһаайыстыбатын уонна энергетикэтин бастакы наркома. Сахалартан бастакынан инженер-теплоэнергетик дипломун ылбыта, ол кэннэ Дьокуускайдааҕы электростанция дириэктэрэ буолбута.
- 1937 — Нина Никифорова — Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үтүөлээх учуутала, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара, Үөһээ Бүлүү улууһун, Хоро нэһилиэгин ытык олохтооҕо.
- 1948 — Юрий Тарасов — социология билимин кандидата, политологияҕа уонна политическай социологияҕа идэтийбит Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ.
- 1959 — Ольга Корякина - Умсуура — бэйиэт, Арассыыйа Суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, «Таатта» хаһыакка уонна «Чуораанчык» — «Колокольчик» сурунаалга радактор.
Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1939 — Зигмунд Фрейд — Австрия невролога, психоанализ туһунан үөрэҕи олохтообут киһи.
- 1981 — Георгий Васильев — литературовед, кириитик, тылбаасчыт, филология билимин хандьыдаата. 1938 сылтан ССРС Суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.
|