Алтынньы 21
Тас көрүҥэ
Алтынньы 21 диэн Григориан халандаарыгар сыл 295-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 296-c күнэ). Сыл бүтүө 70 күн баар.
Бэлиэ күннэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Бурунди — Ндадайе күнэ. Мельхиор Ндадайе диэн Бурунди бэрэсидьиэнин 1993 сыллаахха бу күн былааһы былдьыыр соруктаах өлөрбүттэрэ
- Гондурас — Сэбилэниилээх күүстэр күннэрэ
- Эгиипэт — Сэбилэниилээх байҕал флотун күнэ
- Ииндийэ — Ииндийэ полициятын кэриэстэбил күнэ
- Кытай Өрөспүүбүлүкэтэ (Тайвань) — Тас кытайдар күннэрэ
- Таиланд — Сиэстэрэ күнэ
- Улуу Британия — Трафальгар кыайытын күнэ. Адмирал Нельсон 1805 сыллаахха холбоһуктаах Франция уонна Испания флоттарын үлтүрүппүтэ
Түбэлтэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1096 — Килидь Арслан баһылыктаах туурактар Норуот кириэстээх бохуотун сэриитин (үксэ бааһынайдар этэ) үлтү сыспыттар. Бу бохуот аллараттан саҕаламмыта, сыаркап дьиҥэр хойут аттанар туһунан былааннаах этэ (Урбан II паапа 1095 сыллаахха сибэтиэй бөрүстүөлү босхолуурга ыҥырарыгар эһиилги атырдьах ыйын 15 күнүн эппитэ), ол эрээри дьон аһара турукка киирэн хаалан саас уонна сайын Франция уонна Германия сирдэригэр дьэбириэйдэр сэлиэнньэлэрин урусхаллаабыттара, тыһыынчанан киһини өлөрбүттэрэ уонна салгыы Иерусалим куораты мусульмааннартан босхолуур соруктаах соҕуруу ааҥнаан барбыттара. 20 тыһыынча кэриҥэ киһилээх аармыйаттан туурактар 17 тыһыынчатын кыргыбыттара. "Дьиҥнээх" (ол аата сыаркап салалтатынан оҥоһуллубут) бастакы кириэстээх бохуот хас да ый буолан баран саҕаламмыта.
- 1520 — Айанньыт Фернан Магеллан Атлантик уонна Чуумпу далайдар ыккардыларынан, кэлин кини аатынан ааттаммыт, силбэһиини арыйбыт.
- 1727 — Арассыыйа уонна Кытай ыккардыларыгар Кяхта дуогабара түһэрсиллибит. Мантан саҕалаан атыы-эргиэн кэҥээбит. Эргиэҥҥэ туттуллар кяхта тыла диэн нуучча-кытай булкаас пиджин тыл үөскээбитэ. Холобура, "моя твоя понимай нету" диэн киэҥник тарҕаммыт этии ол тылтан кэлбитэ.
- 1805 — Наполеон сэриилэрин кэмигэр быһаарыылаах Трафальгар кыргыһыытыгар адмирал Горацио Нельсон салайааччылаах Улуу Британия флота холбоһуктаах Франция уонна Испания флоттарын урусхаллаабыт. Улуу Британия "байҕал хотуна" диэн аатын олохтообут.
- 1824 — Портландцемент патеннаммыт. Бу аан дойду үрдүнэн саамай киэҥник туттуллар цемент көрүҥэ.
- 1860 (эргэ истиилинэн алтынньы 9 күнүгэр) — Дьокуускайга бастакы оҕо приюта аһыллыбыт, кэлин Мария аатын сүкпүт. Онуоха анаан атыыһыт Н. И. Чепалов сиэртибэлээбит харчытынан Большая уулуссаҕа турар таас дьиэ атыылаһыллыбыт.
- 1879 — АХШ айааччыта Томас Эдисон бастакы чох утахтаах электрическэй лаампаны үлэлэппит.
- 1943 — Аан дойду иккис сэриитин кэмигэр дьоппуоннар бас билэр сирдэригэр Сингапурга Көҥүл Ииндийэ быстах кэмнээх бырабыыталыстыбата тэриллибит. Сотору кэминэн онно Ииндийэ Национальнай Аармыйата тэриллибитэ. Дьоппуон импиэрийэтэ Ииндийэни сэриилээн ылбатаҕа эрээри Ииндийэ Национальнай Аармыйатын саллааттара норуот дьоруойдара буолан Ииндийэ Улуу Британияттан босхолоноругар төһүү күүс буолбуттара.
- 1997 — Москубаҕа "Арассыыйа-Саха алмаастара" хампаанньа уонна De Beers ыккардыларыгар атыы-эргиэн сөбүлэҥэ түһэрсиллибит. 1996-97 сс. үөскээбит "Алмаас блокаадата" диэн ааттаммыт тыҥааһыннаах балаһыанньа арыый сымнаабыт.
- 2002 — «Эдэр учуонайдарга уонна устудьуоннарга Саха Өрөспүүбүлүкэтин грааннарын туһунан» диэн ыйаах тахсыбыт.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1833 — Альфред Нобель — Швеция учуонайа, инженера, сэрии сэбин оҥорооччута. Динамиты айбытынан уонна Нобель бириэмийэтин олохтообутунан киэҥник биллэр.
- 1945 — Никита Михалков — Арассыыйа киинэ артыыһа, режиссёра, сценариһа, продюсера, РСФСР народнай артыыһа. Кини киинэлэрэ Оскар, Канны кинофестивалын уо.д.а. бириэмийэлэргэ тиксибиттэрэ.
- 1957 — Кемерово уобалаһыгар Тайҕа куоракка Сергей Чигирёв — АГИИК опера студиятын уус-уран салайааччыта, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ.
Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1946 — Ефим Курашов — Саха сиригэр гражданскай сэрии кыттыылааҕа, кыһыл хамандыыр.
|