Иһинээҕитигэр көс

Балаҕан ыйын 17

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Балаҕан ыйын 17 диэн Григориан халандаарыгар сыл 260-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 261-c күнэ). Сыл бүтүө 105 күн баар.

  • Австралия Австралия — Дойду гражданствотын күнэ
  • Ангола Ангола — Дьоруойдар күннэрэ
  • Болгария Болгария — София күнэ
  • АХШ АХШ — Конституция күнэ (субуотаҕа түбэстэҕинэ иннинээҕи бээтинсэҕэ, өрөбүлгэ түбэстэҕинэ бэнидиэнньиккэ көһөрүллэр)
  • Беларусь Беларусь — Норуот сомоҕолоһуутун күнэ[1]
  • Гондурас Гондурас — Учуутал күнэ
  • Нидерланд Нидерланд — 1944 сыллаахха ыытыллыбыт Market Garden байыаннай эпэрээһийэни ахтан-санаан ааһар күн, бу күн парашютунунан ыстаналлар
  • Ииндийэ Ииндийэ, Махараштра — Маратвада босхолонуутун күнэ
  • Украина Украина — Украина өрүһүйээччитин (спасатель) күнэ
  • Чиили Чиили — Хуасо күнэ[2]
  • 1665 — Лондон куоракка Чума улуу хамсыга (эпидемията) саҕаламмыт. 100 000 кэриҥэ киһи, ол эбэтэр куорат олохтоохторун 20 % биир сыл иһигэр өлбүт. Бу ыарыы чума палочкатыттан сылтаан буолар, кырыыса былахылара тарҕаталлар.
  • 1683 — Голландия урбаанньыта Антони ван Левенгук Британия Хоруолун уопсастыбатыгар (билим акадьыамыйатыгар) киһи хараҕар көстүбэт "кырачаан кыыллары" бэйэтэ оҥорбут микроскобунан кэтээн көрбүтүн туһунан бастакы суругун суруйбут. Бастаан көннөрү урбаанньыппын диэн кэтэмэҕэйдээн үлэ суруйумаары гыммытын Голландия оччолорго уһулуччу биллиилээх бырааһа Рейньер де Грааф өйөөн, киниэхэ эрэл кыыма сахпыт. Хоруол уопсастыбатыгар барыта 190 суругу суруйбута биллэр. Бу суруктары оччотооҕу билим тылыгар латыынныыга Генри Ольденбург диэн билим сурунаалын эрэдээктэрэ тылбаастаабыта, дьиктитэ диэн, ол тылбаастыырыгар анаан голландия тылын үөрэппитэ.
  • 1788 — "Карансебеш кыргыһыыта" буолбут. Австрия саллааттара түүн хараҥаҕа бэйэ-бэйэлэрин туроктар дии санаан охсуспуттар уонна "кыайтаран" чугуйбуттар. Кыргыһыы хонуутугар туроктар икки күнүнэн биирдэ кэлэн туох буолбутун өйдөөбөтөхтөр.
  • 1809Швеция-Арассыыйа сэриитэ түмүктэммит. Фредриксхамн дуогабарынан Арассыыйа Финляндияны бэйэтигэр сыһыарбыт. Мантан ыла Финляндия сүүстэн тахса сыл Арассыыйа састаабыгар автономнай княжество буолан олорбута.
  • 1927Илин Хаҥалас улууһугар Кудома диэн сиргэ конфедералистар баартыйаларын устаабын уонна бырагырааматын ылыммыттар.
  • 1935Тыл, култуура билим-чинчийэр институтун тэрийэргэ диэн Саха АССР Совнаркомун уурааҕа тахсыбыт. Бу институт Былатыан Ойуунускай көҕүлээһининэн тэриллибитэ, билигин — Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар кыһалҕаларын институута.
  • 1930 – Арараакка куурд омуктар өрө турууларын Туурсуйа хам баттаабыт.
  • 1939 — Сэбиэскэй сэриилэр Польшаҕа кимэн киирбиттэр.
  • 1940Аан дойду иккис сэриитин кэмигэр Германия Улуу Британия авиациятын кыайбакка саба түһэр былааныттан батыммыт.
  • 1941ССРС-ка гражданнары барыларын байыаннай дьыалаҕа булгуччулаахтык үөрэтии саҕаламмыт.
  • 1941 — Аан дойду иккис сэриитэ: сэбиэскэй сэриилэр Тегеран куоракка киирбиттэр (Британия уонна Сэбиэскэй Сойуус сэриилэрэ холбоһон Ирааны ылбыттара).
  • 1944 — Аан дойду иккис сэриитэ: сэбиэскэй сэриилэр Германия уонна Эстония сэриилэрин утары Таллиннааҕы кимэн киириини саҕалаабыттар.
  • 1954Саҥа Сир диэн икки бөдөҥ арыыттан турар архипелаагка сэбиэскэй ядернай полигон тэриллибит. Бастакы ядернай дэлби тэптэрии 1955 сыллаахха уу анныгар буолбута. 1957 сыллаахха олохтоох дьураактары күүстэринэн Архангельскай уобаласка көһөрбүттэрэ. Арыыга барыта 132 дэлби тэптэриини оҥорбуттара биллэр.
  • 1980Польшаҕа Гданьскай куоракка Ленин аатынан байҕал хараабылын оҥорор собуокка хас да забастовка кэнниттэн тутулуга суох «Солидарность» диэн идэлээх сойуус үөскээбит.
  • 2011Стамбуулга буолбут аан дойду көҥүл тустууга чөмпүйэнээтигэр саха бөҕөһө Виктор Лебедев иккистээн көмүс мэтээли ылбыт.
  • 2018Сардаана Авксентьева Дьокуускай куоратын мээрин солотугар олорбут.
  • 1938Яныш Ялкайн (1906 төр.) ытыллыбыт, мари омук суруйааччыта, тылбаасчыт, фольклорист.
  • 1977 — Вера Давыдова (1901 с.т.) — саха дьахталларыттан бастакы суруйааччы, учуутал, эрин Петр Оросины Бодойбоҕо көскө ыыппыттарыгар барсыбыт, онно олохсуйан Бодойбо куоратын ытык киһитэ буолбут.
  • 1984Юрий Визбор (1934 төр.), сэбиэскэй киинэ артыыһа, суруналыыс, ааптар ырыатын жанрын саҕалааччылартан биирдэстэрэ
  1. В Беларуси учредили День народного единства(нууч.). БелТА (7 Бэс ыйын 2021). Тургутулунна 7 Бэс ыйын 2021.
  2. Публикация на сайте Национальной библиотеки конгресса, Чили Архивная копия от 7 Бэс ыйын 2012 на Wayback Machine Архыыптаммыт 2012, Бэс ыйын 7 күнүгэр.