Атырдьах ыйын 24
Тас көрүҥэ
Атырдьах ыйын 24 диэн Григориан халандаарыгар сыл 236-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 237-c күнэ). Сыл бүтүө 129 күн баар.
Бэлиэ күннэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Казахстаан — Дойду былааҕын күнэ
- Либерия — Былаах күнэ
- Украина — Тутулуга суох буолуу күнэ (ССРС-тан, 1991)
- Эстония — Пяртель күнэ (эст. Pärtlipäev)
- АХШ:
- Уругвай — Ностальгия түүнэ (1978 сыллаахтан саҕаламмыта, бу түүн араадьыйалар сүрүннээн урукку муусуканы холбууллар)
- Кыргыстаан — Ис дьыала сэриилэрин күнэ[3]
Түбэлтэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 79 — Везувий вулкан эстибит.
- 410 — Аларих хоруоллаах вестготтар Рими ылбыттар уонна талаан саҕалаабыттар. 800 сыл тухары ким да сэриилээн ылбатах куората таламмытыттан бу саҕанааҕы дьон улаханнык дьулайбыттар.
- 1572 — Варфоломей түүнэ буолбут: Францияҕа итэҕэл сэриилэрин кэмигэр Парижка католиктар гугеноттары (протестаннары) кэйгэллээһиннэрэ.
- 1873 — Хива Арассыыйаттан тутулуга суоҕун биллэрбит.
- 1876 — Орто Канаада индеецтара резервацияҕа олорорго сөбүлэспиттэр.
- 1904 (урукку ааҕыынан 11) — ыраахтааҕы Николай II уолламмытынан Манифест о милостях таһаарбыт. Бу манифеһынан таһыйыыны бүтэһиктээхтик уураппыт, туора урдустартан урукку төлөммөккө сылдьыбыт иэстэрин-күүстэрин суох гыммыт, Сибииргэ көскө 8 сылтан ордук олорооччулары ханна бэйэлэрэ баҕаралларынан көһөргө көҥүллээбит (Мархаҕа олорбут скопецтар көспүттэрэ) уо.д.а.
- 1941 — Адольф Гитлер төбөлөрүнэн ыалдьар дьону уонна инбэлиитэри өлөртүүр Германия программатын дьон утарбытын иһин тохтоторго бирикээс таһаарар. Ол эрээри сэрии бүтүөр диэри ыарыһахтары өлөрүү тохтооботоҕо.
- 1944 — Молдавия фашистартан босхоломмут.
- 1949 — Хотугу Атлантика сөбүлэҥин тэрилтэтин (НАТО) тэрийэр туһунан докумуон олоххо киирбит.
- 1954 — АХШ-ка хомуньуус баартыйатын боппуттар.
- 1978 — Саха сиригэр сир аннынааҕы саахаллаах ядернай дэлби тэптэриилэртэн биирдэстэрэ 19 килотонналаах «Кратон-3» оҥоһуллубут. Мирнэй улууһун Айхал бөһүөлэгиттэн 39 км илин диэки Марха өрүһүн кытылыгар 577 метр дириҥҥэ сир хаҕын дириҥник үөрэтэр сыаллаах сейсмозондирование оҥороору дэлби тэптэриллибит. Сыыһа дьаһаныы түмүгэр радиациялаах былыт салгыҥҥа көппүт уонна экспедиционнай лааҕыры бүрүйбүт. Бу кэмҥэ ардыы турар буолан тула өттүннэҕи территория радиациянан киртитиллибит. Лааҕыр дьоно тута күрээбиттэр, оттон Саха сирин дьоно-сэргэтэ бу быһылаан туһунан 12 сылынан биирдэ 1990 сыллаахха билбиттэрэ.
- 1981 — Амур уобалаһыгар Ан-24 сөмүлүөт Ту-16 бомбардировщиктыын харсыбыт, ол түмүгэр 37 киһи өлбүт. Ол эрээри 5 км сууллан баран биир киһи тыыннаах хаалбыт — сүүрбэлээх Лариса Савицкая диэн устудьуону саахал буолбутун кэннэ үһүс күнүгэр булбуттара.
- 1990 — Таджикистан суверенитетын туһунан декларция ылыныллыбыт.
- 1991 — Украина тутулуга суох буолуутун биллэрбит.
- 1991 — М. Горбачёв ССКП КК генеральнай сэкиритээрин дуоһунаһыттан бытыммыт уонна Киин кэмитиэт бэйэтин бэйэтэ ыһарыгар ыҥырбыт.
- 1995 — Windows 95 тахсыбыт.
- 2006 — Астрономия аан дойдутааҕы сойууһа Плутону Күн тула эргийэр планеталар ахсааннарыттан таһааран, карлик планета ахсааныгар киллэрбит. Күн систиэмэтигэр аҕыс планета хаалбыт.
- 2016 — Италия киинигэр сир хамсаабыт, Римҥэ уонна Флоренцияҕа кытта биллибит. 300-чэ киһи өлбүт.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1858 — Вацлав Серошевскай (1945 өлб.) — поляк, этнограф, суруйааччы, публицист. Сахалар тустарынан улахан этнографическай чинчийии («Якуты»/«Сахалар») ааптара.
- 1899 — Хорхе Луис Борхес — Аргентина суруйааччыта.
- 1911 — Семен Борисов — Саха сиригэр ил уонна баартыйа биллиилээх диэйэтэлэ, 1939—1941 сылларга көһөрүү наркома. Украинаттан уонна Белоруссиятан дьону көһөрүүнэн дьарыктаммыта, ону кытары кини салайыытынан Чурапчы көһөрүүтэ ааспыта.
- 1921 — Мария Жорницкая (06.09.1995 өлб.) — Саха сиригэр олорор омуктар үҥкүүлэрин чинчийбит устуоруйа билимин хандьыдаата, Саха АССР үтүөлээх артыыһа.
- 1938 — Дмитрий Гаврильев — Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, документалист-суруйааччы, Арассыыйа Федерациятын суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, Баайаҕа, итиэннэ Амма улууһун Абаҕа нэһилиэктэрин уонна Амма улууһун ытык киһилэрэ.
- 1952 — Валерий Аргунов — устуоруйа билимин хандьыдаата, археолог.
- 1982 — Хандыга бөһүөлэгэр Тамара Обутова — тыйаатыр уонна киинэ артыыһа.
Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1966 — Лао Шэ — биллэр Кытай прозаига, драматуура, публицист, олоҕо дьиҥнээхтик ойуулуур уонна сатиралаах прозанан биллибитэ. Кытай литэрэтиирэтин биир биллэр маастара.
- 1996 — Зайнаб Биишева — Башкортостан норуодунай суруйааччыта, прозаик, бэйиэт, драматуур, тылбаасчыт.
- 2010 — Сатоси Кон — анимацияҕа үлэлээбит дьоппуон режиссера.
|
- ↑ INTERNATIONAL STRANGE MUSIC DAY - August 24 - National Day Calendar
- ↑ NATIONAL WAFFLE DAY - August 24 - National Day Calendar
- ↑ Информационный портал МВД КР - Внутренние войска МВД Кыргызской Республики отмечают профессиональный праздник - 78-ю годовщину образования Архыыптаммыт 2021, Тохсунньу 19 күнүгэр.