Иһинээҕитигэр көс

Балаҕан ыйын 24

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Балаҕан ыйын 24 диэн Грегориан халандаарыгар сыл 267-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 268-c күнэ). Сыл бүтүө 98 күн баар.

Бэлиэ күннэр

Түбэлтэлэр

  • 1852 — Дирижабль бастакы көтүүтэ. Француз Анри Жиффар көппүт.
  • 1853 — Контр-адмирал Огюст Фебврье-Деспуант Чуумпу далайга баар Саҥа Каледония арыытын Франция бас билиитинэн биллэрбит. Французтар манна хаайыы тэрийбиттэрэ.
  • 1932Индияҕа Махатма Ганди уонна Бабасахиб Амбедкар "тыытыллыбаттар" касталарыгар парламеҥҥа туспа квота көрүллэрин туһунан сөбүлэҥ түһэрсибиттэр.
  • 1948Дьоппуоҥҥа механик Соитиро Хонда Honda Motor хампаанньаны тэрийбит.
  • 1960 — Аан дойдуга бастакы атомнай авианосец USS Энтерпрайз ууга түһэриллибит. Билигин маннык авианосецтар АХШ аан дойду далайыгар баһыйар күүс буоларын хааччыйаллар.
  • 1970ССРС «Луна-16» автоматическэй станцията Ый буорун Сиргэ аҕалбыт. Бу иннинэ Ый буорун АХШ астронавтара «Аполлон-11» уонна «Аполлон-12» миссияларыттан аҕалбыттара.
  • 2014Мангальян диэн Ииндийэ бастакы атын планетаҕа ыытыллыбыт станцията Марс орбитатыгар тиийбит.

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр

  • 1943 — Клавдий Краснояров (12.06.1907 төр.) — 1931 сылтан сэриигэ ыҥырыллыар диэри Дьокуускайга олорбут Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа (1944).
  • 1944 — Семён Достовалов — сэрии иннинэ Алдаҥҥа көмүс хостуур приискаларга горнягынан үлэлээбит Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа (1945).